Эрилик кыһатын 95 сыллаах үбүлүөйүн муҥутуур долгутуулаах чыпчаала
Үөрэммит, үлэлээбит тапталлаах оскуолабыт 95- с үбүлүөйэ бэйэбит испитинэн бэркэ ааста , үбүлүөй үбүлүөй курдук бары сиэрэ -туома ситэн, оҥоһуллуохтаах барыта оҥоһуллан, альбом кинигэтэ , выпустар буклеттара , презентационнай матырыйааллара, ыалдьыттары , бэтэрээннэри чиэстээһин , оҕолорбут, учууталларбыт үчүгэй кэнсиэрдэрэ,кырдьаҕастары , ыалдьыттары сахалыы аҺынан сандалы остуолга айах тутан күндүлээһин… Тэрээһин табыллыбыт, күүстээх махтал буоллун оскуолабыт бары кыттыбыт үлэһиттэригэр, салайааччы Александра Васильевнаҕа.
Эрилик кыһатын 95 сыллаах үбүлүөйүн муҥутуур долгутуулаах чыпчаала , өрегейө — 95 сыл устата үлэлии турар кырдьаҕас оскуолабыт саҥа тыыннаммыта , үйэлэргэ историяҕа хаалар өйдөбүнньүк макеты удьуор уус Адамовтар аймах оскуола музейыгар бэлэхтэрэ буолла. Бү бэлэҕи Адамов Михаил Иннокентьевич кэриэс баҕатын бырааттара , уолаттара оҥорон туттардылар . Михаил бэйэтэ тутуу прораб идэлээҕэ. Бэлэҕи, кини кэргэнэ Татьяна Ивановна туттарбыта соһуччу үөрүү буолла.