БиблиоОлимпиада — 2024
Муус устар 8 күнүгэр 5-6, 7-8 кылаастарга сыл аайы ыытыллар улуустааҕы оҕо библиотекатын көҕүлээһининэн БиблиоОлимпиада буолан ааста. Биһиги оскуолаттан барыта 22 оҕо кытынна. Ол курдук 5 кылаастан — 6 оҕо, 6 кылаастан — 4 оҕо, 7 кылаастан — 7 оҕо, 8 кылаастан — 5 оҕо кыттыыны ылла. Оҕолор ссылканан киирэн үбүлүөйдээх суруйааччылар, айымньылар тустарынан тест толордулар. БиблиОлимпиада түмүгэр 3 оҕо миэстэлэстэ. 5 кылаастан Софронова Дарина, Макарова Саша — 3 миэстэ, 8 кылаастан Кузьмина Арина — 3 миэстэ буоллулар. Кыттыбыт оҕолор — сертификатынан, кыайыылаахтар — Грамотанан наҕараадаланнылар. Кыттыбыт, миэстэлэспит оҕолорго өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!