Хамыһаар Адамов
Быйыл 2024 сылга ыам ыйын 21 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы ыччат — комсомольскай тутуутугар — БАМ — ҥа «Саха сирин комсомолеһа» бастакы этэрээт туруммута 50 сыла туолар.
Бу этэрээт комиссарынан биһиги биир дойдулаахпыт 9 уоллаах Лөһөтүүлэр 8 -с уоллара Николай Николаевич Адамов — Нуунай уола Гаврил Николаевич Адамов.
Гаврил Николаевич 1952 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Орджоникидзевскай оройуон Покровскай сэлиэнньэтигэр 7 оҕолоох Адамовтар дьиэ — кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Аҕата Адамов Николай Николаевич — Нуунай, Чакыртан төрүттээх. Ийэтэ — Александра Павловна Тимофеева Орджоникидзевскай оройуон Кытыл Дьураттан төрүттээх.
Гаврил Покровскай орто оскуолатын бүтэрэн биир сыл олох -дьаһах комбинатыгар үлэлээн баран ытык иэһин толорон Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаан кэлбитэ. 1974 сыллаахха Дьокуускайга Социалистическай Үлэ Геройа Сергеев М.С. биригээдэтигэр болотуотунньугунан үлэлии сылдьан Бүтүн Советскай Союз үрдүнэн ньиргийбит БАМ тутуутугар «Саха сирин комсомолеһа» этэрээккэ комиссарынан ананан үлэлии барбыта. Үлэлэрэ Тындаттан турба, муоста тутуутуттан саҕалаламмыта. Күһүнүгэр Тындаттан Могот станция миэстэтин ыраастаан тутуу салҕаммыта. Новый Нагорнай бөһүөлэк тутуутугар, просека кэрдиитигэр үлэ баран испитэ. 1976 сыллаахха Тындаҕа «Монтер пути» үөрэҕэр үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн тимир суол тутуутугар үлэтин салҕаабыта. Ити курдук Гаврил Николаевич тимир суол оҥоруутугар өр сылларга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Билигин кини кэргэнинээн Светлана Александровналыын Покровскай куоракка олороллор. Үс оҕолоро бары үөрэхтээх, үлэлээх дьон. Гаврил Николаевич өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин наҕараадалара: 1978 сыл- «За строительство БАМ -а» мэтээл, 1980 сыл — «Норуоттар доҕордоһуулара» орден, «САССР үтүөлээх тутааччыта» знак, 2014 сыл — «Почетный транспортный строитель» знак уонна элбэх Бочуотунай грамоталар.
Биһиги нэһилиэктэн БАМ, АЯМ тутуутугар 3 киһи кыттыыны ылбыта. Ол курдук үөһэ кэпсэммит Гаврил Николаевич Адамов, ону таһынан кыргыттар эмиэ бааллара. Матвеева Елена Николаевна, Сивцева Августа Прокопьевна эмиэ бу баараҕай тутууга кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Түгэнинэн туһанан, бу дьоммутун БАМ тутуутун 50 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит уонна тус олохторугар дьолу — соргуну баҕарабыт.