«Кэскилим эрэ кэпсээммэр, дьолум эрэ тойукпар» А.И.Софронов
Сахалыы санааны уһугуннарбыт, бөлөһүөк, бэйээт, уйулҕаһыт, драматург, уопсастыбаннай деятель Анемподист Иванович Софронов — Алампа бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр төрөөбүт күнэ. Бу күҥҥэ Р.А.Филиппов аатынан фольклор дьиэтигэр «Үөрүүм эрэ үгэспэр» диэн ый дьоро киэһэтэ тэрилиннэ.
Бу тэрээһини иилээн — саҕалаан ыытта фольклор дьиэтин дириэктэрэ Холмогорова А.А. Алампа олоҕун, айымньыларын М.Е.Филиппова сиһилии билиһиннэрдэ. Оскуола алын сүһүөх оҕолоро Алампа хоһоонноруттан быһа тардан монтаж оҥордулар. Салайааччы оскуола саха тылын учуутала Софронова А.Н. «Алаас хотуна» иис общественнай түмсүү ол кэминээҕи таҥастары кэтэн биэчэри киэргэттилэр. Биэчэр кыттыылаахтарыгар Алампа хоһоонноруттан алгыс тыллар түҥэтилиннилэр. Ол алгыс тылларга кинилэр бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Ити курдук эмиэ биир сэргэх тэрээһин буолан ааста.