Олоҥхо декадата саҕаланна
Сэтинньи 25 күнүттэн Олоҥхо декадата саҕаланна. Бу декада чэрчитинэн улууска Е.А.Борисов архив — библиотекатыгар «Чурапчы улууһун олоҥхоһуттара» научнай -практическай конференция буолан ааста. Биһиги оскуолаттан 3 оҕо кыттыыны ыллылар.6 кылаас үөрэнээччитэ Алексеев Эрсан, 7 кылаас үөрэнээччитэ Адамов Артем, 8 кылаас үөрэнээччитэ Егорова Ильяна.
Сэтинньи 26 күнүгэр нэһилиэккэ Олоҥхо декадатын аһыллыыта буолла, Григорьев Н.Н. «Буура Дохсун», 4 кылаас үөрэнээччилэрэ «Эрчимэн Бэргэн» (кылаас салайааччыта Маркова Н.Н.), Тима, Роберт Макаровтар «Күөнэ көҕөччөр аттаах күн күндүлү бухатыыр» олоҥхолортон быһа тардан ааҕан иһитиннэрдилэр. Кыраайы үөрэтээччи Филиппова М.Е. «Чакырга төрөөн — үөскээн ааспыт олоҥхоһуттар сыдьааннара» диэн бэрт интириэһинэй сэһэнин иһиттибит.
Декада салҕанан барар.