Ахсынньы 26 күнүгэр оскуола оҕолоругар саахымакка күрэхтэһии буолан ааста. Барыта 11 оҕо кыттыыны ылла. Эрийсиилэх күрэх кэнниттэн кыайыылаахтар маннык буоллулар. 3-4 кылаастарга кыайыылаах 4 кылаас үөрэнээччитэ Оконешников Саян, 2-3 миэстэни 4 кылаастар Юнчанова Кристина, Сохсойоон Нарыйа аҥаардастылар. Биһирэбил бириистэри Афанасьева Сайнаара (3 кылаас), Маркова Валерия (3 кылаас), Егорова Күөгэйэ (4 кылаас) Еремеев Спиридон (4 кылаас) […]
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Бүгүн киэһэ, ахсынньы 27 күнүгэр, киэһэ 7 чаастан орто уонна улахан кылаас саҥа дьыллара буолла. Бары 66 оҕо үөрэхтэригэр ситиһэн 100%, хаачыстыба 67% ситистилэр. Оскуола директора олимпиада кыайыылаахтарын, улуустааҕы «Инникигэ хардыы» научно — практическай конференция кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Ол кэнниттэн оҕолор С.Т. Аксаков «Аленький цветочек» остуоруйатынан представление туруордулар. Артыыстар оруолларын бэркэ астылар, араас дьэрэкээн таҥастаах маскарааттаах […]
Бу QR кодунан киирэҥҥит ыйытыкка эппиэттээҥ. Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар көрдөһөбүт
Бүгүн ахсынньы 27 күнүгэр алын сүһүөх оҕолор утренниктара буолла.Алын сүһүөххэ барыта 25 оҕо үөрэнэр. Оҕолор 100% ситиһэллэр. Сыл түмүгүнэн үөрэх хаачыстыбата 78% , ол иһигэр 5 туйгун үөрэнээччи, 12 үчүгэй үөрэнээччи буолла. Оскуола директора туйгун, үчүгэй үөрэнээччилэргэ грамоталары, бэлэхтэри туттартаата. Ол кэнниттэн оҕолор «Саҥа дьыллааҕы остуоруйанан айан» диэн представление туруордулар. Дьэ, маскараат арааһа манна баар […]
«Үтүө дьыала» хамсааһын саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ историятын биир кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэмэ. 1999 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата “Улуус 70 сылын көрсө — 70 эбийиэги!” диэн ыҥырыы таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Майаҕа тахса сылдьан ону бэркэ биһирээбитэ, оттон атын улуустар хаба тардан ыланнар, бу көҕүлээһини бэйэлэригэр киллэрбиттэрэ. Ити курдук, “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” хамсааһын […]
Күн-дьыл биллибэккэ ааһан истэр да, “Чолбон” сурунаалга бииргэ үлэлээбит, сорохторо олохтон туораабыт да аҕа саастаах үтүө суруйааччыларым мин өйбөр-санаабар куруутун тыыннаахтар. Олортон биирдэстэринэн Иван Егорович Федосеев–Доосо буолар. Бастаан кинини кытта билсэрбэр уус-уран айымньылары саҥа суруйан эрэр хаһыат үлэһитэ, оттон кини айар үлэтин үөһүгэр сылдьар аатырбыт бэйиэт, улахан суруйааччы, кириитик уонна публицист этэ. Ол да буоллар, […]
2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сыла бэлиэтэнэр. Маныаха, республикаҕа Аҕа дойду көмүскэлин сылынан биллэрилиннэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев государственнай мунньахха (Ил Түмэн) туһаайыытыгар иһитиннэрдэ.«Биһиги республикабытыгар сэрии толоонугар геройдуу көмүскээбит Аҕа дойду улуу сэриитин тоҕус кыттыылаахтара олороллор. Манна, бу саалаҕа, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара — Арассыыйа Дьоруойдара, «Эр санааланыы» уордьан кавалердара, «Хорсунун иһин» уонна […]
2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла бэлиэтэннэ. Биһиги нэһилиэккэ 50 сыл устата истиҥ иэйии тапталга куустаран, 50 сыл дьоллоох, күн күбэй күндү ийэ, сайаҕас эбээ, аҕалаатар аҕа, күндү эһээ аатын ааттатан, 50 сыл кэнчээри ыччат, оҕо, сиэн дьолун билбит саамай убаастыыр дьоммут Тамара, Софрон Михайловтар ыал буолан олорбуттара оруобуна 50 сыл буолла. 50 сыл анараа […]
“Чакыр нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгын 2023 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи 10-11/59 нүөмэрдээх дьаһалынан 2024 сыллааҕы үлэ былааныгар Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэрин кыттыылааҕа Платонов Власий Кузьмич 130 сааһын нэһилиэккэ бэлиэтээһин киллэриллибитэ. Бу дьаһал, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсүү чэрчитинэн ыытылынна. Билиҥҥи көлүөнэ дьон, кини олоҕун олохтоох кыраайы үөрэтээччи Кириллин Михаил Капитонович улэтиттэн билэбит: “1894 сыл […]
В рамках недели русского языка и литературы в сельской библиотеке прошли литературные уроки в 3-4, 5-6, 7-8 классах «Мой любимый А.С.Пушкин», приуроченный к 225 — летию великого русского поэта. На уроках дети ознакомились жизнью и творчеством писателя. Посмотрели видеопрезентации об А.С.Пушкине. Кульминационным моментом уроков стала викторина по произведениям, сказкам великого русского поэта. Дети активно отвечали […]