Сахалыы санааны уһугуннарбыт, бөлөһүөк, бэйээт, уйулҕаһыт, драматург, уопсастыбаннай деятель Анемподист Иванович Софронов — Алампа бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр төрөөбүт күнэ. Бу күҥҥэ Р.А.Филиппов аатынан фольклор дьиэтигэр «Үөрүүм эрэ үгэспэр» диэн ый дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Бу тэрээһини иилээн — саҕалаан ыытта фольклор дьиэтин дириэктэрэ Холмогорова А.А. Алампа олоҕун, айымньыларын М.Е.Филиппова сиһилии билиһиннэрдэ. Оскуола алын сүһүөх оҕолоро […]
Категория: новости
Бүгүн биһиги нэһилиэккэ үөрүүлээх тэрээһин буолла. Ол курдук «Төрүт ситим» тосхол иһинэн үлэлиир этнопедагогическай лаборатория аһылынна. Бу лабораторияҕа С.С.Яковлев — Эрилик Эристиин 1928 сыллаахха олоххо киллэрбит оскуолатыгар биир кабинет ананна. Кыһыл лиэнтэни нэһилиэк баһылыга К.И.Лебедев, оскуола дириэктэрэ А.В.Неустроева, лаборатория төрүттээччи, кыраайы үөрэтээччи М.Е.Филиппова, оскуола 11 -с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Михайлова Айсена уонна оскуола маҥнайгы кылааһын […]
Быйыл 2024 сылга ыам ыйын 21 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы ыччат — комсомольскай тутуутугар — БАМ — ҥа «Саха сирин комсомолеһа» бастакы этэрээт туруммута 50 сыла туолар. Бу этэрээт комиссарынан биһиги биир дойдулаахпыт 9 уоллаах Лөһөтүүлэр 8 -с уоллара Николай Николаевич Адамов — Нуунай уола Гаврил Николаевич Адамов. Гаврил Николаевич 1952 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Орджоникидзевскай […]
Тохсунньу 24 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр С.С. Яковлев — Эрилик Эристиин 132 сылыгар аналлаах декада ыытылынна. Декада чэрчитинэн «Ааҕааччы түүнэ», Эрилик Эристиин олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах кылаас чаастара, «Ыал уонна оҕо саас» үөрэнээччилэргэ аналлаах уруһуй күрэҕэ, «Эрилик ааҕыылара» научно — практическай конференция, кылаастарынан остуол оонньуутун күрэҕэ уонна декаданы Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэһэнинэн ааҕааччы конференцията […]
Тохсунньу 24 күнүгэр нэһилиэккэ С.С.Яковлев — Эрилик Эристтин төрөөбүтэ 132 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Ол чэрчитинэн суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрэн видеопрезентация көрдөрүлүннэ, тыл этилиннэ.Тэрээһиҥҥэ «Кылыһах» фольклорнай ансаамбыл суруйааччы «Айыы дьөһүөл» олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Киэһэтин оҕолорго оскуолаҕа » Аааҕааччы түүнэ» ыытылынна. 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ Эрилик айымньыларын төһө билэллэригэр квест оонньууга кытыннылар. Оонньуу түмүгүнэн […]
Үөрэммит, үлэлээбит тапталлаах оскуолабыт 95- с үбүлүөйэ бэйэбит испитинэн бэркэ ааста , үбүлүөй үбүлүөй курдук бары сиэрэ -туома ситэн, оҥоһуллуохтаах барыта оҥоһуллан, альбом кинигэтэ , выпустар буклеттара , презентационнай матырыйааллара, ыалдьыттары , бэтэрээннэри чиэстээһин , оҕолорбут, учууталларбыт үчүгэй кэнсиэрдэрэ,кырдьаҕастары , ыалдьыттары сахалыы аҺынан сандалы остуолга айах тутан күндүлээһин… Тэрээһин табыллыбыт, күүстээх махтал буоллун оскуолабыт бары […]
Сэтинньи 27 күнүгэр биһиги нэһилиэккэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо айана» диэн С.С.Яковлев _Эрилик Эристиин «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотун бөлөҕүнэн ааҕыы буолан ааста. Олоҥхону Саха Республикатын Аҕа баһылыгын гранын хаһаайына, республика биир биллэр олоҥхо ааҕааччыта Григорьев Николай Никитич саҕалаата. Онтон уһуйаан иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, оскуола оҕолоро, учууталлара салҕаатылар. Олоҥхону «Кылыһах» фольклорнай ансамбль түмүктээтэ. Салҕыы аҕа уустарынан сахалыы оонньууларга, […]
«Символы России. Русский язык: История письменности» всероссийскай олимпиада 1 турун түмүгэ таҕыста.
Сэтинньи 16 күнүгэр Чурапчы улууһун үрдүнэн бу олимпиадаҕа барыта 7 нэһилиэктэн (Хаяхсыт, Алаҕар, Чурапчы, Хатылы, Чакыр, Сылан, Арыылаах) 97 оҕо кытынна. 10-12 саастаахтарга 64 оҕо, 13-16 саастаахтарга 33 оҕо. иккис турга 80 үөһэ баалы ылбыт оҕолор таҕыстылар. Биһиги оскуолаттан 5 оҕо кыттан, икки оҕо Митина Женя (4 кл), Николаева Анита (4 кл) иккис турга киирбиттэр. […]
Сэтинньи 16 күнүгэр нэһилиэкпитигэр сэргэх тэрээһин буолла. 47 сыл биэссэрдээбит Тарасова Капитолина Константиновнаны уонна 38 сыл акушеркалаабыт Филиппова Александра Афанасьевна бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарыы киэһэтэ тэрилиннэ. Бу маҥан халааттаах аанньалларбыт өрөбүл күнү, бырааһынньыгы аахсыбакка суһал көмөҕө сылдьан, тыа сирин луохтуурдарын бүппэт түбүгүн эҥкилэ суох, бэриниилээхтик үлэлээн дьон — сэргэ махталын ылыахтарын ылбыттара. Капитолина Константиновна Амурскай уобалас […]
Үлэ албан аата 3-с степеннээх Орден кавалера, Эрилик Эристиин аатынан совхозка 40 сыл дояркалаабыт, ыччат наставнига Кузьмина Елена Михайловна ахтыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын.«Мин 1929 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Лукина Елена Уорҕаттан төрүттээх, аҕам Кузьмин Михаил Федорович Чакырга хонду олохтоох, Саһыл уйата диэн алаастаах, Үрүйэ сайылык диэн сайылыктаах этэ. Аҕам сэрии иннинэ мин 6 саастаахпар өлбүтэ. […]