Үрүҥ илгэни үрүлүппүт килбиэннээх ыанньыксыт
Үлэ албан аата 3-с степеннээх Орден кавалера, Эрилик Эристиин аатынан совхозка 40 сыл дояркалаабыт, ыччат наставнига Кузьмина Елена Михайловна ахтыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын.
«Мин 1929 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Лукина Елена Уорҕаттан төрүттээх, аҕам Кузьмин Михаил Федорович Чакырга хонду олохтоох, Саһыл уйата диэн алаастаах, Үрүйэ сайылык диэн сайылыктаах этэ. Аҕам сэрии иннинэ мин 6 саастаахпар өлбүтэ. Ийэм 1942 сыллаахха өлбүтэ. Төгүрүк тулаайах хаалан эһээбэр Сүөдэр оҕонньорго иитиллибитим. Чакырга начаалынай кылааһын бүтэрбитим. Хайахсыкка тиийэн бэһис кылааһы бүтэрээт үөрэхтэн аккаастанан кэбиспитим. 14 саастаахпыттан колхозка ыанньыксытынан үлэлии тахсыбытым. Ол үлэбэр 1980 сыллаахха диэри тохтобула суох үлэлээбитим.
Үчүгэй үлэлээх, комсомол чилиэнэ ыанньыксыт буолан, комсомол райкомун чилиэнинэн быыбарданан, райком пленумун мунньаҕар кыһын сыарҕалаах атынан Чурапчыга киирэрим. Эмиэ ити кэмҥэ «Правда» колхоз бырабылыанньата республика ударниктарын слетугар уонна Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбытым.
Мин 1978 сыллаахха Үлэ албан аатын 3-с степеннээх орденынан, Сталин, Үлэ , тыыл мэтээллэринэн уонна знактарынан наҕараадаламмытым. Чакыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолбутум. Үлэлээбит сылларбар эдэр ыччаттарга наставнигынан, фермаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 8 оҕону төрөтөн үстэ Ийэ Албан аата ордынынан наҕараадаламмытым.
Бу сааһыран олорон сүрдээх дьоллоохтук үлэлээн ааспыт сылларбын ахтабын, Үлэ баар — дьол, Оҕо баар — дьол».
Барыта 60 сыл стажтаах ыанньыксыт кэпсээнэ итинник.
2023 сыл Саха сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн ааспыт сылларга туруулаһан, дьаныардаахтык, тахсыылаахтык үлэлээбит, үрдүк кирбиилэри ситиспит дьоммут- сэргэбит тустарынан ахтан ааһар биһиги ытык иэспит буолар.