Олоҥхону бөлөҕүнэн ааҕыы
Сэтинньи 27 күнүгэр биһиги нэһилиэккэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо айана» диэн С.С.Яковлев _Эрилик Эристиин «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотун бөлөҕүнэн ааҕыы буолан ааста. Олоҥхону Саха Республикатын Аҕа баһылыгын гранын хаһаайына, республика биир биллэр олоҥхо ааҕааччыта Григорьев Николай Никитич саҕалаата. Онтон уһуйаан иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, оскуола оҕолоро, учууталлара салҕаатылар. Олоҥхону «Кылыһах» фольклорнай ансамбль түмүктээтэ.
Салҕыы аҕа уустарынан сахалыы оонньууларга, олоҥхоҕо сыһыаннаах ыйытыктарга эппиэттээһин «Сахаэстафета» оонньуу ыытылынна.
Тэрээһин күн эргиирэ -Оһуохайынан түмүктэннэ.
Кэлбит дьон астынан, дуоһуйан бардылар.
Эриликпититтэн саҕалаан Чакыр нэһилиэгэ — Олоҥхо уутуйан үөскээбит дойдута буолар. Онон маннык тэрээһиннэр салҕананыахтара.