Кыайыы диктана
Муус устар 26 күнүгэр нэһилиэк библиотекатын көҕүлээһининэн сыл аайы ыытыллар Аҕа дойду Улуу сэриитин түгэннэриттэн норуоттар икки ардыларынааҕы историческай диктант «Кыайыы диктаана -2024» ыытылынна. Диктаан 25 сорудахтаах, 14 сорудаҕа эппиэттэрин талан ылыы, 11 сорудах — эппиэти суруйуу. Сорудахтар сүрдээх уустуктар. Аҕа дойду сэриитин биллиилээх дьоно, түгэннэрэ, киинэлэрэ, суруйааччылар, поэттар тустарынан буолла.
Бу тэрээһиҥҥэ барыта 21 киһи кытынна. Саамай эдэр кыттааччыбыт 5 кылаас үөрэнээччитэ Шишигин Мичил, саамай аҕам саастаахпыт Еремеева В.К.. Администрацияттан эдэр специалистар Михайлов Егор, Михайлова Мотрена, Оконешникова Майя, күүстээх аҥаардарбыт Еремеев К.К., Алексеев И.Н., Сохсойоон Хомпо уонна Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, улааппыт аҕам саастаах дьон кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыттара киһини үөрдэр. Тест кыттааччылара 45 мүнүүтэҕэ Аҕа дойду сэриитин историятыгар өйдөрүн үлтү сыстылар. Тест толоруллан, сканерданан үөрэх управлениетыгар ыытылынна. Түмүктэри бэс ыйыгар хас биирдии киһи бэйэтин идентификационнай нүөмэринэн диктантпобеды.рф сайтка киирэн көрүөн сөп.
Бу күн 2-4, 5-8 кылаастарга Республика күнүгэр аналлаах «Символы Якутии. Я — патриот» республиканскай он — лайн олимпиада ыытылынна. Барыта 32 о5о кытынна. Ол курдук 2 кылаастан — 6 оҕо, 3 кылаастан — 8 оҕо, 4 кылаастан — 4 оҕо, 5 кылаастан — 4 оҕо, 6 кылаастан — 1 оҕо, 7 кылаастан — 7 оҕо, 8 кылаастан -4 оҕо кыттыыны ылла. Кыттыбыт оҕолорго — сертификат, кыайыылаахтарга — грамота. Бары кыттыбыт оҕолорго, кылаас салайааччыларыгар махтал. Өссө да бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбин.