Бартыһаан Былаас
“Чакыр нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгын 2023 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи 10-11/59 нүөмэрдээх дьаһалынан 2024 сыллааҕы үлэ былааныгар Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэрин кыттыылааҕа Платонов Власий Кузьмич 130 сааһын нэһилиэккэ бэлиэтээһин киллэриллибитэ. Бу дьаһал, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсүү чэрчитинэн ыытылынна.
Билиҥҥи көлүөнэ дьон, кини олоҕун олохтоох кыраайы үөрэтээччи Кириллин Михаил Капитонович улэтиттэн билэбит: “1894 сыл Боотурускай улууһугар 1 Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Хонду Илларионовтар (Сүөгэйдэр) кыыстара этэ. Власий үлэни кыайар буолуоҕуттан 14 сааһын туолуор дылы ийэтин кытта Ефимов баайга үлэһитинэн сылдьыбыта. Онтон 14 – 21 сааһыгар Аммаҕа Соморсун нэһилиэгин баайдарыгар хамнаска үлэлээбитэ. 1919 сылтан Дьокуускай куоракка киирэн тутууга үлэлээбит уонна харабыллаабыт. Саха сиригэр Гражданскай сэрии саҕаланарын кытта саа–саадах тутан, 1921 – 1923 сылларга Субуруускай, кэлин Кеша Алексеев этэрээттэригэр сылдьыбыта, хас да төгүл сэриилэргэ кыттыбыт. Ол туһунан Саха АССР КСК-н 1932 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи уурааҕынан бэриллибит 2148 №-дээх партизанскай дастабырыанньата туоһулуур.
Гражданскай сэрии кэнниттэн Бодойбонон, Алданынан сылдьыталаан промышленнай бириискэлэргэ тутуу үлэтигэр болуотунньугунан үлэлээбит. Власий Кузьмич Г.Г. Кузьмиҥҥа бэйэтэ этэн суруйтарбытынан, 1924 – 1932 с.с. Дьокуускай куоракка, 1933 – 1938 с.с. Уус – Майа оройуонугар, 1939 – 1942 с.с. диэки Ыныкчаан бириискэтигэр тутууга үлэлээбит.
1942 сыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Забайкальскай байыаннай уокурукка идэтинэн байыаннай эбийиэктэри тутууга үлэлээн баран, 1945 сыл төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн, Молотов аатынан холкуоска 11 сыл устата тутууга маастар – болуотунньугунан үлэлээбитэ. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, Власий Кузьмич С.С. Яковлевы – Эрилик Эристиини кытта Гражданскай сэрии сылларыгар быстыспат аргыс, харабыл (телохранитель) курдук сылдьыбыт.
1956 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр Саха АССР МС 380 №-дээх уурааҕынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах анал биэнсийэ анаммыта.
Наҕараадалара: „Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941 – 1945 с.с. килбиэннээх үлэтин иһин“ мэтээл (1947). Пепеляевщинаны кыайыы 40 сыла туолуутунан 1963 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.”.
Власий Кузьмич 1965 сыл кулун тутарга уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн өлбүтэ. Уҥуоҕа бөһүөлэк таһыгар баар „Саппыйа“ диэн алааска ууруллубута.
Быйыл, балаҕан ыйын 16 күнүгэр Платонов Власий Кузьмич 130 сааьынан, Чакыр олохтоох библиотекатыгар кини чэпчэкитэ суох эрээри, дирин суолталаах, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар олоҕун, — туһунан ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Власий Кузьмич олоҕун үөрэтэр, интириэьиргиир, кинини кытта алтыһан ааспыт, кэргэнин, оҕолорун тус билэр дьон уонна оскуола оҕолоро ирэ-хоро кэпсэтэн, ахтан аастыбыт. Сыдьааннарын, аймахтарын кытта өссө билсиьэн, сибээспитин быспакка Власий Кузьмич Платонов аатын үйэтитиигэ салҕыы үлэлиэҕин, — диэн санаалаах тарҕастыбыт.
Власий Кузьмич ииппит уола 84 саастаах Ноев Николай Иванович билигин Нам сэлиэнньэтигэр олорор. Кини Ис дьыала Министиэристибэтин уонна Саха Өрөспуубулүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам сэлиэнньэтин уонна Улууһун бочуоттаах олохтооҕо.