Муниципальное казенное учреждение культуры

Чакырская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Филиппова, 11

КЫРДЬЫК ИҺИН ОХСУСПУТА

Күн-дьыл биллибэккэ ааһан истэр да, “Чолбон” сурунаалга бииргэ үлэлээбит, сорохторо олохтон туораабыт да аҕа саастаах үтүө суруйааччыларым мин өйбөр-санаабар куруутун тыыннаахтар. Олортон биирдэстэринэн Иван Егорович Федосеев–Доосо буолар. Бастаан кинини кытта билсэрбэр уус-уран айымньылары саҥа суруйан эрэр хаһыат үлэһитэ, оттон кини айар үлэтин үөһүгэр сылдьар аатырбыт бэйиэт, улахан суруйааччы, кириитик уонна публицист этэ. Ол да буоллар, Иван Егорович миэхэ сүрдээх истиҥник сыһыаннаспыта, өрүү үөрэтэрэ-такайара, сүбэлиирэ-амалыыра.

Доосо хоһооннорун өйбөр-санаабар хатанардыы Анаабыр оройуонун “Кыһыл сулус” хаһыатыгар эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлиир сылларбар аахпытым. Сааскылаах бибилэтиэкэтигэр үлэм быыһыгар бүгэн олорон кинигэлэри, сурунааллары ааҕарым. Онно Доосо хоһооннорун хомуурунньугун уларсан ылан, сыттыгым анныгар укта сылдьан, умсугуйан аахпытым. Онтон ыла “Ахтылҕан” диэн истиҥ тыллардаах ырыа буолбут хоһоонун сөбүлээн, киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолбутум. Бу хоһоон иэйиилээх тыла-өһө, алыптаах курус мелодията, дойдубун ахтан чуҥкуйбут дууһабар дириҥник өтөн киирэрэ. Бырааһынньыкка түбэһиннэрэн, кэнсиэргэ толорон уонна хомуска оонньоон биһирэммитим. Агитбиригээдэ чилиэнэ буола сылдьан, Доосо “Ахтылҕан”, “Сардаана”, “Туундара”, “Мин алаас уолабын, сахабын” курдук ырыа буолбут хоһооннорун хоту дойду хоһуун дьоно сөбүлээн ыллыылларын элбэхтэ истибитим. Кэлин дьылҕа хаан ыйааҕынан буолуо, “Чолбон” сурунаалга бииргэ үлэлиир чиэскэ тиксэн, Иван Егоровиһы балачча билбитим. Сөбүлээн кэтэр сиэрэй көстүүмнээх, таҥас суумкатыгар ыга симиллибит докумуон киппэтэ тутуурдаах үлэлиир хоһугар киирэн кэлэрэ. Саҥа атыыласпыт сибиэһэй хаһыаттарын тыастаах соҕустук остуолугар быраҕаат, көстүүмүн сиэбиттэн эргэ блокнотун хостоон таһаарара уонна төлөпүөн үрдүгэр түһэрэ. Чочумча буолаат, кими эрэ кытта кэпсэтэн ырааппыт буолара. Урут Иван Егоровичтыын бииргэ үлэлээбитим туһунан ахтыы суруйан турабын. Онтон бу сырыыга кинини кырдьыгы кынат оҥостубут киһи быһыытынан сырдата түһүөм этэ.

Доосо политическай хайысхалаах суруйуулара бэчээттэнэн тахсаат да, үгүс мөккүөрү тардаллара уонна хайаан да, сытыы харда эппиэттэрдээх буолаллара. Хаста да кинини үөҕэ, баһааҕырда да сатаабыттарын түбэһэ көрөн бэри диэн бэркиһээбитим, сөхпүтүм. Кини кырдьыгын туруулаһан элбэхтэ суукка тиэстэрэ уонна өрүү кыайара. Үҥсүүк-харсыык курдук хараарда сатааччылар да бааллара. Кэлин ону кэм-кэрдии обургу орун оннун булларан эрдэҕэ. Билигин ол уостубут уордаах айдааннар тустарынан литература үлэһиттэрэ, аҕа саастаах ааҕааччылар уонна суруйааччылар умнубакка өйдүүллэр уонна сөптөөх сыанабылы биэрэллэр дии саныыбын.

2005 сыллаахха, “Бичик” кинигэ кыһатыгар Доосо огдообото Степанида Николаевна Федосеева “Кырдьыгы кынат оҥостон” диэн ахтыы хомуурунньугун таһаартарбыта. Онно Иван Егорович биир идэлээхтэрин, араас эйгэҕэ алтыспыт доҕотторун уонна чугас дьонун ахтыылара тахсыбыта элбэх ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта уонна кини үтүө аатын бөҕөргөтөргө улахан оруолу оонньообута. Манна бастатан туран, ытыктабыллаах классик суруйааччыбыт, аксакалбыт, Үлэ дьоруойа, норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоон:

“…Кини нарын сүрэхтээх поэт, сыппаабат бөрүөлээх суруйааччы этэ. Кини кэрэни кэрэхсиирэ, үтүөнү сөбүлүүрэ. Улахаммын диэн улуутуйбат, куччугуйбун диэн куттанан төҥүргэс күлүгэр түспэт этэ. Эппит тылын уларыппат эр сүрэхтээҕэ. Ханнык да суукка кырдьыгы кырыытынан кырылаччы ууран биэрэр буолан, хаһан да кыайтарбатаҕа. Ханнык да сымыйаччыны, тугунан да саптыммытын иһин, сирэйин саралыы тардан саатырдар этэ. Кини күөмчүлэммити көмүскүүр күүстээх санаалааҕа, атаҕастаммыты абырыыр амарах сүрэхтээҕэ”, – диэн эппитин санатар тоҕоостоох.

Оттон, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков:

“…Идеология, культура, айар үлэ, литература эйгэтигэр классовай-партийнай сыһыан муҥутаан турар кэмигэр И.Е. Федосеев улаханнык дьаныһан туран, саха суруйааччыларыттан биллэрдик чорбойор гына инники түһэн, киһи быһыытынан хорсуннук, көнөтүк уонна киэҥ далааһыннаахтык историческай кырдьыгы политическай коньюктураҕа бас бэриннэрэ сатааччылары утары сорунуулаахтык киирсибит, төрөөбүт ноуотун литературата, историята бар дьонугар ордук чугас, ордук дириҥ силистээх-мутуктаах буоларын дакаастаспыт, мэктиэлэспит уонна араҥаччыласпыт улахан өҥөлөөх”, – диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ.

Доосо айымньылара аныгы ааҕааччыларга улахан дьайыыны оҥорор кыахтааҕын туһунан литературнай кириитик, суруйааччы Д.В. Кириллин: “Саха сирин билиҥҥи көлүөнэ суруйааччыларыттан, айар үлэҕэ киэҥ биһирэбили ылбытынан поэт, прозаик, публицист, литературнай критик уонна чинчийээччи, биллэр общественнай деятель Иван Егорович Федосеев буолара. Кини аатын саха ааҕааччылара, саха норуота бүттүүнэ хаһан да умнуо суоҕа”, – диэн бэйэтин ахтыытыгар түмүк оҥорбута сөптөөх. Ону Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Моисей Ефимов, Рафаэль Баҕатаайыскай курдук улахан суруйааччылары сэргэ атыттар эмиэ итинник санааны бигэргэтэн биэрбиттэрэ. Кинилэр бары бэйэлэрин ахтыыларыгар Доосо кырдьыгы кынат оҥостон хорсуннук турууласпытын сөҕө-махтайа, киэн тутта бэлиэтээбиттэрэ.

Саха норуодунай суруйааччыта А.В. Кривошапкин: “…Кырдьыксыт буолан албыны-көлдьүнү, ньылаҥнааһыны, бэрт буола сатааһыны, онтон да атын олох хараҥа дьэбэрэлэрин утары сорунуулаахтык охсуһара… Ол да иһин буоллаҕа буолуо, кини былааска, салайар чөмчөкөлөргө ыарахан тыыннаах суруйааччы, булгуруйбат санаалаах политическай байыас этэ. Мындыр, дириҥ өйдөөх-санаалаах политик этэ”, – диэн улаханнык ытыктыырын этэн турар.

Чахчы, Иван Егорович дэгиттэр киэҥ билиилээх историк, прозаик, кириитик уонна суруналыыс буолан, кимтэн да куттаммакка, толлубакка бэйэтин кэмигэр кырдьык өрөгөйдүүрүн туһугар охсуспута, санаатын аһаҕастык эппитэ, туруорсубута, чинчийбитэ. Ону олоҕун бүүс бүтүннүү итиннэ анаабыта, уһулуччулаах дьоммут “норуот өстөөҕө” аатырбыттарын көмүскээри, соҕуруунан-хотунан төһөлөөх архыыптары кэрийэн туһааннаах докумуоннары, матырыйааллары хомуйбута, суруйбута уонна кырдьыгы туруорсубута арылхайдык туоһулуур. Онно төһөлөөх сэниэ-сылба, өй-санаа барбытын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Баҕар ол да иһин, билэрэ элбэҕэ, кэпсиирэ үчүгэйэ, саха бастыҥ интеллигенциятын үтүө аата өрөгөйдүүрүн туруорсара, эппитин булгураппата эбитэ буолуо. Биллэрин курдук, В.В. Никифоров–Күлүмнүүр, А.Е.Кулаковсай–Өксөкүлээх Өлөксөй, П.А. Ойуунускай, С.И. Мицкевич, П.Н. Сокольников, М.А. Алексеев үтүө ааттарын тилиннэриигэ күүскэ ылсан үлэлэспит үтүө өҥөлөөх. Ону сэргэ репрессия ыар кэмигэр хара балыырга түбэспит дьону өлүөр диэри көмүскэспитэ, Чурапчы дьонун трагедияларын туһунан араас сурунаалларга, хаһыаттарга бэчээттэппитэ. Филологическай наука дуоктара Д.Е. Васильева: “Биллэрин курдук, Иван Федосеев–Доосо кырдьык кыайарын туһугар өр кэмнэргэ сыламната суох охсуспута”, – диэн “Олох үллэр үөһүгэр…» ахтыытыгар бэлиэтээн эппитэ да ону чиҥник бигэргэтэн биэрэр. Хабыр хапсыһыыларга бары өттүнэн киэҥ билиилээх, бэлэмнээх буолан, сууттаһан хайаан да кыайан-хотон тахсара, биирдэ да хотторуу хомолтотун билбэтэҕэ.

Тоҕус сыл устата бииргэ үлэлиир сылларбар, Иван Егорович хайдахтаах курдук булгуруйбат кытаанах санаалааҕын балачча билбитим. Хаһыакка бэчээттэммит сытыы кириитикэлээх ыстатыйаларын уонна барбах КГБ архыыбыттан хасыһан, репрессияҕа түбэспит дьон тустарынан матырыйаалларын булан анал паапкатыгар укта сылдьар буолара. Сүтэн хаалыа диэн сэрэхэчийэн, хос-хос куопуйалаан элбэтэр үгэстээҕэ. Онтун кинигэ бэлэмнииригэр туһанаары ырбаахытын сиэҕин ньыппарынан, дьоһумсуйан суруксуттуу олорор буолара. Чуумпу хоспут иһигэр кини уруучукатын бөрүөтүн сырдырҕас тыаһа эрэ иһиллэрэ. Ардыгар: “Баар-суох киэн туттар дьоммутун сиргэ-буорга тэпсэн эрэллэр. Оннооҕор Ойуунускайбытын Иван Ласков уонна Тамара Шамшурина курдуктар аһаҕастык хаһыатынан үөҕэллэрэ кыһыыта бэрт. Маны мин таах хаалларбакка сууттастахпына сатанар. Бары куттанан саҥата суох ньимийэн сылдьыахпыт үһү дуо?!” – диэбитинэн хоһугар киирэн кэлэрэ. Ити түгэҥҥэ кини мин харахпар кырдьык туһугар туруулаһан туран охсуһар киһи буолан, харыс үрдээн көстөрө.

Иван Егорович миэхэ сыһыана үчүгэйэ. Тугу сүбэлиирин-амалыырын болҕойон истэрим, көрдөһөрүн-соруйарын төһө кыалларынан толоро сатыырым. Хаһан да була сатаан мөхпөт-эппэт этэ. Мин сурунаалга бэчээттэппит кэпсээннэрбин уонна бастакы “Буурҕа” сэһэммин ааҕан баран бастаан бэйэбэр тугу да эппэккэ сылдьыбыта. Онтон “Буурҕа” диэн бастакы кинигэм “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн, суруйааччы буолбут саҕа санаммыт түгэммэр айар дьоҕурдаахпын бэлиэтээн, улаханнык үөрдэн турардаах.

Документальнай жанрга табыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук, элбэх архыып матырыйаалларын хасыһан, В.В. Никифоров–Күлүмнүүр туһунан “Солнце светит всем” диэн бэрт халыҥ кинигэни бэчээттэтэн таһаартарбытын ааҕааччылар бэркэ кэрэхсээн аахпыттара. Биир үтүө күн үөрбүт-көппүт биир дойдулааҕым Владимир Хван мин үлэлии олорор кабинеппар паапка кыбыныылаах киирэн:

– Күлүмнүүр туһунан бэртээхэй кинигэни аахтым. Онно бу ааҕааччы быһыытынан санаабын суруйан аҕаллым. Уолум маны ылан аах уонна хайаан да сурунаалгар таһаартар. Ааптары бэйэтин көрсөн илиитин ыга тутан махталбын биллэриэхпин баҕарбытым, – диэн элбэҕи кутан-симэн кэпсии-ипсии турдаҕына Иван Егорович таҥас суумкатын туппутунан киирэн кэлбитэ. Элбэх саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу Хван соһуйан мух-мах баран ылбыта. Билиһиннэрбиппэр илии тутуһан кэпсэппиттэрэ. Ол “Бэртээхэй кинигэни аахтым” диэн сэҥээрии ыстатыйата 1998 сыллаахха “Чолбон” сурунаал 10-с нүөмэригэр бэчээттэммитэ.

Доосону кытта биир хоско олорон, истиҥник сыһыаннаһан, тапсан үлэлээбиппит. Сороҕор иккиэйэҕин эрэ хаалбыт түгэммитигэр кини репрессияҕа түбэспит суруйааччылар ыар олохторун туһунан харааста сэһэргиирин сэргээн истэрим. Сорохторо буруйа суохтара дакаастанан хаайыыттан босхоломмуттарын да иһин, өйдөрө-санаалара үлтү мэлиллэн, доруобуйалара айгыраан эриэ-дэхси олоҕу кыайан олорботохтор. Ол курдук, отутус сылларга эдэр бэйиэт быһыытынан балачча биллэн-көстөн испит Григорий Илларионович Поскачин тыйыс дьылҕата миигин дириҥник уйадыппыта. Кинини 1938 сыллаахха, балаҕан ыйын 9 күнүгэр националистическай, контрреволюционнай тэрилтэ чилиэнин быһыытынан культурнай фроҥҥа куорҕаллыыр үлэни ыытыыга буруйдаан хаайбыттар. Суут 15 сыл болдьохтоох хаайыыга бириигэбэрдээбит. Ону ааһынан Үрдүкү суут быһаарыытынан 1939 сыллаахха холуобунай дьыалата тохтотуллубут уонна хаайыыттан босхоломмут. Ол да буоллар “норуот өстөөҕө” дьарылыга иҥэриллэн үлэтэ-тойо суох муор-туор сылдьыбыт. Баара-суоҕа сүүрбэ түөрт эрэ саастаах эдэр бэйиэт инники кэскилэ сарбылыннаҕа, олоҕо огдолуйдаҕа, аата-суола алдьаннаҕа ити. 1940 сыллаахха сэллик ыарыыттан өлбүт. Саҥа үүнэн-сайдан испит саха эдэр дьоҕурдаах бэйиэтин аата симэлийэн хаалбакка ааттана турдун диэн Иван Егорович 1989 сыллаахха “Чолбон” сурунаалга бэчээттэппит “Эдэригэр да тэмтэриппиттэр…” диэн ыстатыйатын: “Григорий Поскачин олоҕо олус кылгас этэ. Кини таптыыр дьахтарын сылааһын билбэтэҕэ, аал уоту оттубатаҕа, алаһа дьиэни тэниппэтэҕэ, төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөҕө. Баҕар, бу кыракый ыстатыйаны ааҕан баран, кинини билэр дьон, өссө тугу эмэ биллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит”, – диэн ыҥырыы этиинэн түмүктээбитэ.

Иван Егорович дохсун санаатын аһаҕастык этэр документалист-суруйааччы бэрдэ буолан, кинини тоҥуй, тоҥ сүрэхтээх бэйэмсэх киһи курдук этэн-тыынан аатын-суолун хараарда сатааччылар да аҕыйаҕа суохтара. Ол эрээри, сэбиэскэй былаас эстэн, саха суруйааччылара араас кыһалҕаларга ыктарар түгэннэригэр, Доосо улахан тэрилтэлэр салайааччыларын спонсордатан эбэтэр көмөлөһүннэрэн үгүстэри үөрдэрин умнар сатаммат. Олортон биир түгэни ахтан аһарыам этэ. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун профкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир сылбар Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, “Албан аат” уордьан хабалыара, суруйааччы Алексей Бродников өлбүтүгэр, тиһэх остуолун аһын тэрийиигэ моһуок үөскээбитэ.

“Чэ, профсоюз кытаат, бу сайабылыанньаны илдьэ рыбзаводка тиий. Эдэр киһи сүүрэн-көтөн массыыната бул, оптуобуһунан да бар уонна бокуонньук аймахтарыгар балыкта аҕалан биэр”, – диэбитэ. Ытыктыыр аҕа саастаах суруйааччым тылын ылынан, “Урал” матасыыкылбын собуоттаан сорудаҕы толоро тэптэрбитим.

“Рыбзавод” сэбиэдиссэйэ биэрбит сайабылыанньабын ылан ааҕан баран, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тилир-талыр туттубута. “Итиччэ сэриилэһэн, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх, ааттаах-суоллаах суруйааччы хайдах кыаҕа суох буолбутай?” – диэбитэ, төбөтүн быһа илгистибитэ. Хата, дириэктэрдэрин бэрт кэбэҕэстик булан ылбытым.

“Биһиги билигин “Мясокомбинаты” кытта холбоһон турабыт. Онон мин соҕотоҕун быһаарбат дьыалам”, – диэн баран аккаастаан кэбиһиэх курдук туттубута эрээри, Иван Егорович итинник буолуохтааҕын эрдэ сэрэйэн, тыа хаһаайыстыбатын үрдүкү чыыннаах салайааччытыгар “тугу көрдөөбүтүн биэриҥ!” диэн илии баттатан ылбыта абыраабыта. Тууһаммыт балык үс көрүҥүттэн ыламмын Алексей Спиридонович Бродников дьонугар илдьэн биэрбиппэр улаханнык махтаммыттара. Ити курдук сатабыллаахтык эрийэ тутан көрдөһүү суруйан, сыалын ситиһэн тэйэрэ.

“Чолбон” сурунаал үлэһиттэрэ бырааһынньыктары бэлиэтиир кэммитигэр кута-сүрэ көтөҕүллэн, биллиилээх аксакал суруйааччылар олохторун туһунан үөрэ-көтө элбэҕи кэпсиирэ. Көрүдьүөстээх да түгэннэри тумнубата. Сэмэн Даниловка суоппардыы сылдьыбыт Сэмэн Соловьев туһунан аһара уустаан-ураннаан кэпсээн күллэртиирэ. Бэл диэтэр Сэмэммит бэйэтэ чахчы оннук буолбутун бигэргэтэн төбөтүн тоҥхоҥнотон, күлэн мүчүҥнүү олорор буолара. Саха сиригэр олорон ааспыт уһулуччулаах дьон туһунан уһуннук-киэҥник кэпсиирэ. Хайдах ону барытын өйүгэр тута сылдьарын сөҕөр буоларым. Оттон сынньанар кэмигэр дьиибэлээҕи, күлүүлээҕи кэпсиирин сөбүлүүрэ.

Арассыыйа уонна Саха сирин култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх суруналыыс Н.И. Протопопова “Норуотун туһугар олорбута, айбыта” ахтыытыгар:

“Иван Егорович киһи эрэ тэҥнэспэт киһитэ этэ. Матырыйаал хомуйан архыыпка соҕуруунан, хотунан үлэлиэххэ, дьон бөҕөнү кытта кэпсэтиэххэ, бэйэ кырдьыгын дакаастыахха наада этэ. Ону барытын айымньыга таһаарыахха диэтэххэ муҥура суох элбэх үлэ, өй-санаа түмүллүүтэ, айар талаан арыллыыта ирдэнэр… Соҕотох киһи холугар норуотугар хаалларбыт духуобунай баайа баһаам элбэх. Аны хоһоонноро ырыа буолан ылланаллара саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан хайдах курдук сайа охсон киирэллэрий. Соҕотох “Сардаананы” да суруйбута буоллар, өлбөт-сүппэт айымньы айбыт бэйиэт быһыытынан кини аата ааттана туруо этэ”, – диэн сөҕөн-махтайан бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах.

Олоҕун аргыһа Степанида Николаевна бииргэ эйэ дэмнээхтик олорбут кэргэнин кыра да, улахан да айымньыларын барытын массыыҥкаҕа бэчээттээн, кинигэ буолан тахсалларыгар көмөлөһөрүн, суруйааччы доҕотторун-атастарын ыалдьыттатарын бэркэ диэн билэр этибит. Тапталлаах кэргэнэ өлбүтүн да кэннэ, кини сырдык кэриэһигэр анаан “Кырдьыгы кынат оҥостон” диэн ахтыы кинигэтин, оттон төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан оҕолорго суруйбут айымньыларын хомуйан “Саха суруйааччылара оҕолорго” серияҕа “Иван Федосеев—Доосо” хомуурунньугу “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэппитэ. Аны үйэ тухары сыралаһан муспут архыыбын бэрээдэктээн туһааннаах сиригэр туттарбыта. Араас сылларга суруйталаабыт кэпсээннэрин, хоһооннорун уонна саха саарыннарын туһунан ахтыыларын хомуйбута. Ол түмүгэр “Иккиһин төрөөбүт кэриэтэ…” диэн халыҥ тастаах саҥа кинигэ күн сирин көрбүтэ.

Киһи олоҕо түргэнник да ааһар. Саха литературата сайдарын туһугар, бэйэтин кэмин силлиэтин-буурҕатын күөнүнэн көрсөн, сахалыы тыллаах барыта кэрэхсиир бэртээхэй айымньыларын айбыт, кырдьык өрөгөйдүүрүн туһугар күүһүн-кыаҕын харыстаабакка тиһэх күнүгэр диэри охсуспут Иван Егорович Федосеев–Доосо тыыннааҕа буоллар билигин 90 саастаах ытык кырдьаҕас буолуох этэ. Саха саарына, хорсун буойуна өссө да элбэҕи оҥоруо хааллаҕа. Хомойуох иһин, кини саха литературата сайдарыгар сүҥкэн үтүөтэ-өҥөтө ситэ-хото сырдатылла, олорбут олоҕо сыаналана илик. Ону аныгы көлүөнэ ыччаттар иилэ хабан ылан салҕыахтара диэн эрэнэбит.



Уйбаан ОЙУУР



Чолбон. – 2017. – № 12

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *