Этнопедагогическай лаборатория үөрүүлээх аһыллыыта
Бүгүн биһиги нэһилиэккэ үөрүүлээх тэрээһин буолла. Ол курдук «Төрүт ситим» тосхол иһинэн үлэлиир этнопедагогическай лаборатория аһылынна. Бу лабораторияҕа С.С.Яковлев — Эрилик Эристиин 1928 сыллаахха олоххо киллэрбит оскуолатыгар биир кабинет ананна. Кыһыл лиэнтэни нэһилиэк баһылыга К.И.Лебедев, оскуола дириэктэрэ А.В.Неустроева, лаборатория төрүттээччи, кыраайы үөрэтээччи М.Е.Филиппова, оскуола 11 -с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Михайлова Айсена уонна оскуола маҥнайгы кылааһын үөрэнээччитэ Макаров Тима быстылар.
Эбиэттэн киэһэ Толоон оскуолатын 1959 — 1963 сс. үөрэммит выпустар «Оскуолаттан кынаттанан» диэн ахтыы — кинигэ геройдарын кытта көрсүһүүнү ыытта М.Е.Филиппова. Ыҥырыылаах ыалдьыттар сэһэннэрин оскуола оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо бэрт сэргээн иһиттилэр.
Ону таһынан оҕолорго көҥүл тустууга ССРС чөмпүйүөнэ, Аан дойду күрэхтэһиитин боруонса при зера, Чакыр, Чурапчы нэһилиэктэрин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Макаров Семен Прокопьевич «Биһиги — Куоркун уолаттарабыт» диэн хомуйан оҥорбут кинигэтин олохтоох дьаһалтаҕа, олохтоох библиотекаҕа, оскуола директорыгар, библиотекатыгар, тустуу тренеригэр бэлэх уунна.
Ити курдук истиҥ — иһирэх тэрээһин буолла.