Саҥа таас дьиэлэр олоххо киирдилэр
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, биһиги нэһилиэккэ биир дьоро түгэн буолан ааста. Ол курдук саҥа тутуллубут толору хааччыллыылаах . элбэх квартиралаах икки таас дьиэ аһыллыытыгар оҕо — аймах, дьон — сэргэ муһуннулар. Бочуоттаах ыалдьыттарынан СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччыта Е.Е. Афанасьев, «Чурапчы улууһа» МТ баһылыга С.А.Саргыдаев, ОО «Восток — строй» директора И.И.Пермяков буоллулар. Алгысчыт С.С. Морфунов аал уоту оттон, саламааттаах алаадьынан айах тутта, алгыһын анаата. Үөрүүлээх быһыыга — майгыга наҕараадалар туттарылыннылар, Чакыр нэһилиэгин өрөгөйүн ырыата ылланна.