Муниципальное казенное учреждение культуры

Чакырская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Филиппова, 11

Ийэ — ытык аналы толорооччу (Чакыр нэһилиэгин герой ийэлэрэ)

Герой ийэлэрбитигэр анааммыт

Киһи барахсан аан дойдуга кэлэн барыытыгар, айылҕа сокуонун толорон, оҕо төрөтөн аатын хаалларар ыйаахтаах. Дьоллоох ийэлэр элбэх оҕолоноллор. Чакыр нэһилиэгэр олорон ааспыт ытык — мааны дьоннорбут 7 герой ийэлэрбит туһунан билиһиннэриэм.
Чурапчы Дьаарыллатыттан төрүттээх Мария Алексеевна кэргэнинээн сэрии кыттыылааҕа Василий Николаевич Филипповтыын 13 оҕону төрөппүттэрэ. Мария Алексеевна нэһилиэккэ бастакынан 1966 сыл муус устар 27 күнүгэр ССРС Верховнай Советын Приезидиумун уурааҕынан Герой ийэ бочуоттаах аатын ылбыта.
Иккиһинэн нэһилиэккэ Герой ийэ бочуоттаах аатын Миронова Анастасия Михайловна 1972 сыл кулун тутар 6 күнүгэр ылбыта. Анастасия Михайловна 1954 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр Миронов Егор Андреевич диэн сэрииттэн эргиллибит колхоз төһүү үлэһит уолугар кэргэн тахсан 14 оҕоломмуттара.
1972 сыл муус устар 26 күнүнээҕи ССРС Верховнай Советын Президиумун уурааҕынан нэһилиэккэ Герой ийэ аатын 10 оҕону төрөтөн Ефремова Марфа Петровна ылбыта. Кэргэнэ сэрии кыттыылааҕа Филиппов Павел Николаевич.
Төрдүс герой ийэнэн Кириллина Матрена Семеновна 1973 сыл муус устар 6 күнүнээҕи ССРС Верховнай Советын Президиумун уурааҕынан буолбута. Кэргэнинээн Николай Гаврильевич Кириллинныын 10 оҕону төрөппүттэрэ.
Афанасьева Марина Михайловна 1973 сыллаахха 12 оҕону төрөтөн нэһилиэккэ бэһис Герой ийэнэн буолбута. Кэргэнэ Афанасьев Николай Константинович.
1975 сыл атырдьах ыйын 27күнүнээҕи ССРС Верховнай Советын Президиумун ыйааҕынан Алексеева Анастасия Васильевна кэргэнинээн Алексеев Николай Дмитриевичтыын 10 оҕону төрөтөн Герой ийэ бочуоттаах аатын ылбыта.
Сэттис Герой ийэнэн нэһилиэккэ Ануфрьева Ульяна Николаевна буолар. Ульяна Николаевнаҕа Саха республикатын бастакы Президена М.Е.николаев 1996 сыл бэс ыйын 11 күнүнээҕи уурааҕынан Герой Ийэ бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Ульяна Николаевна 8 оҕону төрөтөн уонна кэргэнэ Василий Николаевич 3 оҕотун ииппитэ.
Нэһилиэкпит 7 Герой ийэлэрэ сиргэ кэлбит ытык аналларын чиэстээхтик толорон оҕо бөҕөнү төрөтөн, үөрэттэрэн, үлэһит, ыал оҥортоон, олохторун суолун булларан барбыттарын биһиги бары үрдүктүк сыаналыыбыт. Кинилэргэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран барҕа махталбытын аныыбыт

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *